Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо»


Скачать 2.26 Mb.
Название Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо»
страница 3/12
Тип Реферат
rykovodstvo.ru > Руководство эксплуатация > Реферат
1   2   3   4   5   6   7   8   9   ...   12

Христофорова Дария Петровна

Ааҕыыга уһуйуу бастакы олуктара.

Оҕо хайдах үөрэхтээх, билиилээх киһи буола улаатара ааҕарга тапталы, интэриэһи иитииттэн улахан тутулуктаах. Ону оҕо оскуолаҕа эрэ кэллэҕинэ саҕалыыр арыый тутах буолар. Бастакы уочарат дьиэ кэргэҥҥэ ийэ-аҕа, эбээ-эһээ, эдьиий-убай ааҕаллара үтүө холобур буолар.

Оҕобут А-тан саҕалаан ааҕарга үөрэниэҕиттэн оскуоланы бүтэриэр диэри улахан эппиэтинэс, үгэс курдук, алын кылаас учууталыгар сүктэриллэр.

“Сатаан ааҕар” диэн өйдөбүлэ сүрдээх киэҥ. Сүһүөхтэн тылы таһаарыыттан саҕалаан, тиэкиһи ааҕыы эрэ буолбакка, геройу, түгэни ойуулаан көрөн чугас ылыныы, өйдөөн ааҕыы буолар. Ол хаһан да судургутук, түргэнник туолбат. Алын кылаастарга хас биирдии оҕону өйдөөн ааҕарга үөрэтии биир сытыы кыһалҕа буолар. Ол инниттэн оҕо сөбүлээн, интэриэһиргээн ааҕар усулуобуйатын тэрийиэхтээхпит. Мантан сиэттэрэн үлэм сыала:кыра кылаас үөрэнээччилэрэ интэриэһиргээн ааҕар усулуобуйаларын тэрийии.

Соруктарым:

  1. Уруокка уонна уруок таһынан ааҕыыга араас ньымалары үөрэтэн, үлэҕэ сөптөөҕү туһаныы;

  2. Оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннарыыга төрөппүттэргэ көмө оҥоруу;

  3. Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлээһин;

  4. Библиотеканы кытта утумнаах үлэни тэрийии.

Учуутал уруок кэмигэр туһанар араас ньымаларын, көрүҥнэрин киһи ааҕан сиппэт. Ону таһынан кылаас таһынан выставкалар, викториналар, күрэхтэр уонна да атын тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Үөрэнээччи бэйэтэ бибилотекаҕа сылдьара, иллэҥ кэмигэр билиитин хаҥатынара учуутал үлэтин биир үтүө көстүүтэ, төрөппүт киэн туттуута буолар. Ол гынан баран,сорох ардыгар, “Оҕобут төһө кинигэ уларсан ааҕарый?”, “Тугу ааҕар эбитий?”, “Уопсайынан ааҕар дуу, суох дуу?” – диэн ыйытыыга сатаан эппиэт биэрэр учуутал да, төрөппүт да ахсаана аҕыйах буолан хомотуон сөп.

Аныгы олох тэтимэ олус түргэнник сайдар. Онон учуутал, библиотекарь үлэтигэр туһанар ньымалара улахан оруоллаахтар. Кинигэҕэ, чуолаан айымньыга, суруйааччыга интэриэһи үөскэтэргэ презентация, электроннай кинигэлэр, араас дискэлэр оруоллара улахана саарбаҕа суох.

Учуутал үлэтигэр араас хайысханы тэҥнээн, боруобалаан, туһалааҕын талан туһанара биһиги оҕолорбут ситиһиилээх буолалларыгар олук буолар. Үөрэнээчилэрбит араас таһымнаах күрэхтэргэ, ааҕыыларга, олимпиадаларга, викториналарга кытталлара, сайдан иһэллэрэ ону кэрэһэлиир.

1 баһа. Ааҕыы аныгы олох ирдэбилигэр.

  1. Ааҕыы киһи олоҕор оруола.

Ааҕыы хас биирдии киһи олоҕор сүрүн миэстэни ылара саарбаҕа суох. Күннээҕи олоххо ааҕыы хас хардыыбыт аайы ирдэнэр. Аспытын-таҥаспытын талартан саҕалаан, үөрэххэ-үлэҕэ аахпакка табыллыбаппыт.

Оннооҕор маҥнайгы кылаас оҕолоро саҥа ааҕар буолаат: “Ааҕар наһаа үчүгэй, мин дьиэбэр баран иһэн маҕаһыын таһыгар баар биллэриилэри ааҕар буоллум”, “Сатаан ааҕар буоламмын, библиотекаттан бэйэм кинигэ таһын ааҕан талабын” – дэһэллэр. Бастакы түгэҥҥэ интэриэһиргээн аахпыта көстөр. Өссө атын дьоҥҥо кэпсээбит буолуон сөп. Иккис түгэҥҥэ кинигэни талар кыахтаммыта, эрэллээхтик уларсыбыта көстөр.

Элбэхтик кинигэни ааҕар оҕо тыла-өһө баай, билэрэ-көрөрө элбэх, үөрэҕэр ситиһиилээх буолар. Айар, чинчийэр үлэнэн дьарыктанар түгэнигэр билиитэ улахан олук уурар.

Кэнники кэмҥэ оҕону чинчийэр, проектыыр үлэнэн сайыннарыы, дьарыктааһын үөрэх систематыгар киэҥник киирдэ. Научнай-чинчийэр үлэ элбэх литература хасыһыыта, үөрэтиитэ суох табыллыбат. Биир чинчийэр үлэҕэ алын кылаастарга ортотунан 5-7, кыахтаах оҕоҕо оннооҕор элбэх, литература туһаныллар.

Хомойуох иһин, сорох эдэр дьиэ кэргэн оҕоҕо кинигэ ылары наадалааҕынан аахпат, библиотека тэриммэт түгэннэрэ баар буолуон сөп. Кыһалҕаланнахтарына Интернети хасыһан булаллара кинилэргэ табыгастаах, бириэмэни ылбат курдук. Оҕо куруук ааҕа сырыттаҕына сайдарын умналлар. Ардыгар мөҥөн-этэн аахтаран төттөрү хартыынаэмиэ тахсан кэлиэн сөп. Оннук түгэннэргэ памяткалары туһанар көдьүүстээх буолар.

Бу телевидение, радио, Интернет баһылыыр кэмигэр, аныгы ааҕааччы тус бэйэтин эйгэтин байытынар, олоҕу, тулалыыр эйгэни сөпкө сыаналыыр, билэр сыалтан кинигэҕэ, ааҕыыга интэриэһин сүтэрбэтэ хайҕаллаах суол буолар. Ону оскуолаҕа эрэ буолбакка, дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ кинигэни оҕобут таптаан ааҕарыгар үөрэтэбит, кыһамньыбытын уурабыт. Үчүгэй кинигэ – истиҥ иитээччи, үөрэтээччи, чугас доҕор буоларын өйдөтөбүт.

  1. Учуутал ааҕыыны сайыннараргатуһанар араас ньымалара, көрүҥнэрэ.

Учуутал оҕону ааҕарга үөрэтэригэр үчүгэйдик психологияны, ааҕыы методикатын билэрэ ирдэнэр.

Бастакынан ааҕыы методикатыгар улахан уларытыыны киллэрбит киһинэн К.Д.Ушинскай буолар. Кини научнай, уус-уран айымньылары ааҕыыга араас ньымалары сүбэлиирэ. Үөрэтиигэ туттар уонна көрдөрөр тэрили туһанары сүрүн принцибинэн ааҕара. Кини аахпыты ырытыыга, айылҕаҕа олох көстүүтүн кэтээн көрүүгэ улахан болҕомтотун уурбута. [3, с.87]

Өйдөөн ааҕыы методикатыгар Д.И.Тихомиров элбэх сүбэтин мунньан чопчу ыйыылары биэрбитэ. Логическай толкуйдааһын сайдыыта улахан оруоллааҕын бэлиэтиирэ. Этиини, айымньы чаастарын, былааны, хатылыыр, чиҥэтэр үлэлэри суолталааҕынан ааҕара. [3, с.88]

Ааҕыы методикатыгар болҕомто сүрүннээн айымньыны ааҕыыга, ырытыыга, словарнай үлэҕэ, оҕо үлэтигэр, хатылааһыҥҥа, билиини бэрэбиэркэҕэ ууруллар.

Биллиилээх психолог Р.С.Немов, “Источники умственного развития детей младшего школьного возраста и причины их неуспеваемости” үлэтигэр, кыраны быстах ааҕыы оҕо психикатын сайдыытыгар аҕыйаҕы биэрэрин бэлиэтиир. Маҥнайгы кылаастан саҕалаан араас справочниктарынан туһанарга үөрэтэри сүбэлиир. Саатар аҕыйах мүнүүтэ, ол гынан баран хайаан да күн аайы, оҕо ааҕарын ирдиир ордук диир. Кыра кылаас оҕолоро ааҕыыга ыарырҕаталларын бу эрэ кэмҥэ бопсуохха сөбүн этэр. Ыарырҕатар төрүөттэрэ үөрэҕи ылыныыларын уонна өйдөрүн сайдыытын кытта ситимнээх буоларын бэлиэтиир. [8, с.361]

Оҕо ааҕарыгар ыарырҕатар буоллаҕына төрүөтүн булар улахан суолталаах. Психическэй, эт-хаан өттүнэн оҕо сайдыыта араас буолар. Дислексиялаах оҕо ааҕар кэмигэр мэйии араҥатыгар (кора головного мозга) электрическэй активность бытааннык барар. Онно эбии болҕомтото мөлтөҕө, толкуйдуура эбиллэр. [17, с.3-9]

Сидорова М.А. этэринэн, дислексиялаах, дислексияҕа чугас (предрасположенные, угрожаемые) оҕону эрдэ аахтара үөрэтэр ордук. Оскуолаҕа кэлэн сыыһаларын көннөрүөхтээҕэр, оскуола иннинэ үлэлэһэргэ сүбэлиир. [11, с.140]

Үгүс психологтар, логопедтар оҕо саҥатын, ааҕыытын бэрэбиэркэлииргэ нейропсихологическай ньымалары туһаналлар. Т.А.Фотекова, Т.В. Ахутина “Диагностика речевых нарушений школьников с использованием нейропсихологических методов” кинигэлэригэр тест методикатын туһаналлар.Онно ОНР-даах, ЗПР-даах оҕолор саҥаларын, ааҕыыларын тэҥнииллэр, кэһиллии (нарушение) биричиинэтэ арааһын ыйаллар.

1 таблица.

Көрдөрүүлэр

1 кылаас

2 кылаас

3 кылаас




Нуорма

ОНР

ЗПР

нуорма

ОНР

ЗПР

нуорма

ОНР

ЗПР

Ааҕыы

40,0

19,9

29,7

40,4

19,8

29,0

41,2

26,1

32,0

Сурук

35,0

15,0

24,0

35,2

19,1

26,5

378

17,0

21,0


(таблицаҕа 1-3 программанан үөрэтии)

ОНР-даах оҕолор ааҕыылара ордук мөлтөх, ЗПР-даах оҕо ааҕыыта бытааннык, сыыйа тупсар эбит.[13, с.32]

Сорох үөрэхтээхтэр, оҕо лабырҕаччы ааҕарыгар тылы сэрэйэн ситэрэрин (прогнозирование читаемого) бэлиэтииллэр. Ол иһин тылы, этиини сөпкө ситэрэргэ, уларытарга сорудахтары сүбэлииллэр. [16, с.88]

Ааҕыах иннинэ оҕону бэлэмнэниэхтээх. Уруок саҕаланыыта ааҕыах иннинэ бастаан тыынар, артикуляционнай гимнастика ыытар ордук. Оҕо саҥарар аппаратын бэлэмниибит. Онтон сыыһата суох сүһүөхтэри, тыллары, этиилэри үтүктүү, чабырҕах киириэхтэрин сөп (истэр аппарат). Салгыы буукубалары, сүһүөхтэри, тыллары ааҕан майгыннаһар эбэтэр уратылаһар өрүттэрин булууга эрчиллиилэр (көрөр аппарат).

Оҕо интэриэһиргээн аахтаҕына айымньы ис хоһоонун толору өйдүүрэ саарбаҕа суох. Ол иһин уруоктарга эбии эрчиллиилэри, оонньуу-сорудахтары туһанар көдьүүстээх.

а) Оҕо өйдөөн хааларын, болҕомтотун сайыннарарга “Чаҕылхан”, “Фотограф” оонньуулар, тыл суолтатын өйдүүргэ саҥа чаастара, этии араастара булкуспут сорудахтар үчүгэйдэр. Куруук дьарыктаннахха, тиэкискэ буукубалара булкуллубут этиилэри дьаарыстыахтарын сөп. Этиигэ, абзацка, тиэкискэ баар тылы булуу оҕо болҕомтотун эмиэ сайыннарар.

б) Уруокка ааҕыы араас ньымаларын туһанар ордук. Уруок саҕаланыыта 5 мүнүүтэлээх ааҕыы, хорунан, жужжащее, щадящее, оруолларынан, сыабынан, талан, дискэнэн (диафильм) ааҕыы.

в) Аахпыты толору өйдүүргэ тиэкискэ аат толкуйдааһын, кэпсээни ситэрии, ыйытыы толкуйдааһын, ис хоһоонунан сөп түбэһэр ох тыллары, өс хоһооннору, иллюстрация талыы, тиэкис этиилэрин дьаарыстааһын, кроссвордар, викториналар, инсценировкалар.

г) Уруогу бэйэтин эмиэ интэриэһинэй форманан ыытыахха сөп: оонньуу-уруок, викторина-уруок, айан-уруок уо.д.а.

Үчүгэйдик ааҕарга элбэхтик ааҕар туһалаах. Ол инниттэн төрөппүттэри, бибилиотекары кытта утумнаахтык үлэлиир наада.

Бу курдук, оҕо ааҕарыгар ыарырҕатар биричиинэлэрин булуу, ону туоратарга элбэх үлэ ыытыллара ирдэнэр.

2. Ааҕааччыны иитии – учуутал сүрүн сыала-соруга

2.1. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо ааҕар усулуобуйатын тэрийии

Кинигэ дьайыыта сүрдээх күүстээх. Онон оҕолорбут иллэҥ кэмнэригэр тугу, төһө ааҕалларын хонтуруоллуурбут наадалаах. Учуутал үлэтин биир сүрүн хайысхатынан төрөппүтү кытта үлэ буолар.

а) Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо ааҕыытыгар төһө болҕомто уурулларын билээри анкета ыыттым.

2 таблица.

Ыйытыылар

Хоруйдар

Дьиэҕэ библиотекалааххыт дуо?

Баар –8, суох – 0

Оҕо кинигэтэ онтон хас бырыһыанын ыларый?

10-20 – 2, 40-60 – 4, 80-90 –1, 100 – 1

Оҕо сурунаалларыгар, хаһыаттарыгар ханныктарга суруйтардыгыт?

Кэскил - 3, Чуораанчык - 4, Бэлэм буол - 5, Хатан - 4, Оҕо-оҕо эрдэххэ - 1, суруйтарбатыбыт (атыылаһабыт) – 2.

Оҕоҕут бэйэтэ ааҕар дуо?

Ааҕар - 8, суох -0.

Ааҕарыгар төһө бириэмэ ыытарый?

10-20 мүнүүтэ-3 , чаас аҥара - 3, чаас - 1, билбэппин – 1.

Оҕо көрдөстөҕүнэ төһө ааҕаҕыт?

Ааҕабын -5, ардыгар -3.

Телевизор көрүүтүгэр төһө бириэмэ ыытарый?

Күнү быһа -1, 4-5 чаас -1, киэһэ -1, 1-2 чаас -3, кылгастык -1.

Компьютерга төһө бириэмэ олорор?

Күнү быһа -2, 2-3 чаас -2, 1 чаас -1, өрөбүлгэ -1, чаас аҥара -2.

Таблицаҕа көстөрүнэн маннык түмүктэри оҥоробун:

  • Дьиэ кэргэҥҥэ үгүстэригэр библиотека баар эбит;

  • Сорох ыалга кыра аҥара, сороххо улахан аҥара оҕо кинигэтэ;

  • 1 ыалтан ураты бары оҕоҕо анаан суруппуттар;

  • Оҕолор бэйэлэрэ ааҕар буолбуттар;

  • Улахан аҥардарыгар маҥнайгы кылаас оҕотугар сөптөөх бириэмэ ааҕыыга бэриллэр;

  • Төрөппүттэр үгүстэрэ оҕо көрдөстөҕүнэ ааҕараллар;

  • 2 оҕо сааһыгар сөбө суох уһуннук телевизор көрөр;

  • Компьютерга оҕо улахан аҥара сааһыгар сөбө суох уһуннук олорор.

Оҕо дьиэҕэ ааҕар усулуобуйатын төрөппүттэр син тэрийбиттэр, оҕо ааҕарыгар болҕомто уураллар эбит. Ол гынан баран, оҕо ааҕарынааҕар телевизорга, компьютерга олороро уһун. Инникитин оҕо доруобуйатыгар охсуулаах буолуоҕун төрөппүттэргэ өйдөтөр үлэ киллэрии.

Төрөппүттэргэ анкета ыыттахпына, син биир ханнык эмэ темаҕа сүбэлиэхпин-амалыахпын наада эбит түмүмккэ кэлэбин. 4-с сырыыбын ылар кылааһым төрөппүттэрин кытта эрдэттэн үлэни саҕалыыбын – оҕолор уһуйааҥҥа сылдьар кэмнэриттэн.

б) Төрөппүтү үөрэхтээһини сотору-сотору ыытабын.

Үгүс төрөппүт оҕото төһө өр ааҕыахтааҕын, сааһыгар ханнык кинигэ сөп түбэһэрин, оҕо суруйааччыларын үчүгэйдик билбэттэр. Ону туоратар инниттэн, төрөппүтү үөрэхтээһиҥҥэ төһө кыалларынан элбэх сүбэ-ама биэрэбин, көмө матырыйаалы түҥэтэбин, анкета ыытабын. Биир ордук сөбүлүүр хайысхабынан оҕону личность быһыытынан үөрэтии буолар.

Биир туһалаах кинигэнэн - Лорен Брэдвей уонна Барбара Алберс Хил, “Ребенок от 3 до 7 лет” кинигэлэрэ буолар. Бу кинигэҕэ оҕо айылҕатын быһаарар блиц-тест; Истээччи, Көрөөччү, Айааччы уратылара; онно сөптөөх үлэ хайысхалара ыйыллаллар. Холобур, ааҕыыга ордук ыарырҕатар Айааччы, сөбүлээн ааҕар – Истээччи, кинигэ ойуутун көрөрүн сөбүлүүр - Көрөөччү. Тугу сөбүлүүллэрэ эмиэ уратылаах - Айааччы оҕо мүччүргэннээх сырыылары, Көрөөччү – фантастиканы, эльфтары, феялары сөбүлүүр. Истээччи ааҕарыгар улахан ыарахаттары көрсүбэт. Көрөөччүнү, Айааччыны ааҕарга уһуйарга, остуоруйаны дискэнэн истэллэрэ болҕомтону сайыннарар. Ордук элбэх ойуулаах кинигэ интэриэһи тардар, ойуулаах тылдьыттары туһаныы, таабырыннары, ребустары таайыы туһалаах.

Оскуола библиотекара Никифорова Матрена Александровналыын, нэһилиэк библиотекара Попова Елена Васильевналыын үөрэх дьылын саҕаланыыта сыллааҕы үлэбитин торумнаһабыт. Төрөппүтү үөрэхтээһиҥҥэ баай ис хоһоонноох лекциялары ыыталлар.

в) “Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕи кылааспыт иһинэн тэрийэн ыытабыт. Төрөппүт оҕотугар холобур буолар биир түгэнэ көстөр. Манна библиотека үлэһитин кыттыһыннарар ордук. Сорудахтарын төһө кыалларынан интэриэһинэй, айар үлэтэ элбэх гына сатыыбыт. 5 түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах быһаарыллар. Ону таһынан, дьиэ кэргэнинэн уларсыбыт кинигэлэрин суумалаан “Саамай элбэх кинигэни аахпыт дьиэ кэргэн” номинация аныыбыт.

г) Дьиэ кэргэнинэн араас таһымнаах викториналрга кытталларын көҕүлүүбүн.

д) Оҕолор уонна төрөппүттэр айбыт үлэлэрин, уруһуйдарын биири да бырахпакка тиһэбин. Темаларынан тута кыра кинигэ оҥортоон мунньабыт.

Төрөппүттэр ыытыллар тэрээһиннэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар.

  1. Ааҕыыга интэриэһи үөскэтэргэ туһанар ньымаларым.

Учуутал сөптөөх, табыгастаах ньымалары, үлэ араас көрүҥнэрин туһанара, үлэ ситиһиилээх буоларыгар тиэрдэр.

а) Алын кылаастар кабинеттарыгар библиотека баара хайаан да наадалаах. Саастарынан көрөн сөптөөх кинигэлэри ааҕалларыгар, уруокка туһанарга мунньабын. Остуоруйалар, оҕо суруйааччыларын кинигэлэрэ, сериялар, атластар, справочниктар, өйү сайыннарар оонньуулаах, сорудахтаах кинигэлэр ордук оҕо интэриэһин тардаллар.

б) Оҕо хаһыаттарын, сурунаалларын “Кэскили”, “Оҕо-оҕо эрдэххэ”, “Чуораанчыгы”, “Дисней для малышей”, “Винни-Пух” о.д.а. суруйтарабын.

в) Бэйэм кинигэ уларсарбын куруук көрдөрөбүн, туохха туһанарбын кэпсиибин. Уус-уран литература, саҥа кинигэ, хоббига туттар кинигэлэрим буолаллар.

г) Кинигэни син биир киһи суруйар диэн, автор туһунан төһө билэрбин кэпсиибин. Суруйааччылар оҕо саастарын, айымньыларын кэпсээн интэриэһи тарда сатыыбын.

д) Алын кылаастарга оҕо ааҕарыгар бириэмэнэн – мүнүүтэҕэ аахтарыы көҥүллэммэт. Тиэкиһи бүтүннүүтүн ааҕан баран кэпсээбитигэр, сыыһаларыгар, темпэтигэр эрэ болҕомто ууруллар. Маҥнайгы кылааска букатын сыана туруоруллубат. Онон оҕобут ааҕарын сатаан бэйэтэ сыаналаммат, тэҥнэммэт. Сатаан аахпатаҕына санаата түһүөн, устунан ааҕар баҕата сүтүөн сөп. Билэрбит курдук оҕобут түргэнник, сыыһата суох, дорҕоонноохтук (доргуччу), интонациялаах, өйдөөн ааҕарын ситиһиэхтээхпит. Ол иһин маҥнайгы кылааска ааҕыы таблицатын туһанабын. Ирдэбиллэри (критерийдэри), суругунан буолбакка, оҕо сааһыгар сөптөөх ойууларынан солбуйабын. Холобур, Маугли остуоруйа геройдарын – Балу, Шерхан, Луи, Багира, Каа туһаныахха сөп. Бастаан бу мультигы көрөбүт, хас биирдии персонаж майгытын, уратытын ырытабыт. Уонна бу джунгли кыыллара Мауглины ааҕарга үөрэтэллэр диэн, ким тугу ирдиирин билиһиннэрэбит. Улахан саҥалаах Балу улаханнык ааҕаргын, сэрэх-тамах Шерхан сыыһата суох ааҕаргын, түргэн сырыылаах Луи ааҕарын түргэнин, кыраһыабай Багира интонацияны, муударай Каа өйдөөн ааҕаргын бэрэбиэркэлиэхтэрэ диибит. Оҕолор ааҕалларын бэйэ-бэйэлэрин хардарыта истиһэллэрэ ордук. Онон уруок кэмигэрэбэтэр атын кэмҥэ бириэмэ аныыбын. Билбэт тиэкистэрин ааҕаллар. Ирдэбил аайы биирдии очко (банан) биэрэбит. 4 инники критерий сыаналыылларыгар чэпчэки. Оттон өйдөөн ааҕары сыаналыыр ыарахан. Оҕо аахпытын кылгастык кэпсиир, эбэтэр истэн олорбут оҕолор ыйытыы биэрэллэр. Сатаан кэпсээбэтэҕинэ, ыйытыыга эппиэттиэн баҕарбатаҕына оҕо очкотуттан аккаастанар, кэнники (иккистээн) ааҕар. Ааҕыы түмүгүнэн хас банан ылбытынан учуутал сыана туруорар. 5 банан – 5 сыана, 4 банан – 4 сыана. Ааҕыыны куруук маннык ньыманан бэрэбиэркэлээтэххэ, оҕолор доҕотторо тупсубуттарын, эбиллибиттэрин чопчу этэргэ үөрэнэллэр. Оҕо ханнык персонаж банан биэрбэтэҕинэн көрөн дьиэтигэр эбии ааҕарга кыһанар. Маннык аахтарары маҥнайгы кылааска ыытар олус туһалаах. Оннооҕор 4-с кылааска дылы оҕолор бу таблицанан сөбүлээн ааҕаллар.

е) Уруок кэмигэр араас презентациялары, дискэлэри туһанабын. Презентация оҥорорго Power Point, Киностудия Windows Live, Movie Mаker программаларынан үлэлиибин. Матырыйаалларбын бэйэм хаартыскаларбыттан, кинигэни, журналы, урукку открыткалары сканердаан, ардыгар Интернеттэн булан таҥабын. Музыканы, ырыалары, айылҕаҕа көтөрдөр, араас харамайдар саҥаларын куруук мунньабын

ж) Кылаас, оскуола иһинэн ыытыллар викториналарга кытталларын көҕүлүүбүн.

з) Оҕолор айар үлэлэрин улуус, республика хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэтии.

и)4-с кылааһы түмүктүүллэригэр айбыт үлэлэрин барытын бэчээттээн дискэҕэ хаартыскалары, видеолары кытта киллэрэбит.

Маннык ситимнээтэххэ, оҕо уонна төрөппүт үлэтин харыстаан, тиһэн,бэртээхэй матырыйааллары мустахха, үлэ түмүгэ көстөр.

  1. Үлэм түмүктэрэ

Аныгы үөрэх системата үөрэнээччини конкурентноспособнай гына иитэн, такайан таһаарарбытын ирдиир. Онон хас биирдии учуутал үөрэтэр оҕотун сөбүгэр көрөн тэрээһиннэргэ: олимпиадаларга, күрэхтэргэ, ааҕыыларга кытыннарар.

а) Сылын аайы Сулҕаччы нэһилиэгэр “Көмүс куоласчаан” кустовой күрэх ыытыллар. Манна оҕолор ыллаан, хоһоон ааҕан, үҥкүүлээн, уруһуйдаан кытталлар. Хоһоон ааҕыытыгар суруйааччылар юбилейдаах даталарынан, улуус, республика сылларынан тема бэрилллэр:

2010с. үгэ ааҕан Кутукова Вера “Ис хоһоону арыйыы номинация”;

2011с. Данилова Саргы 1 степеннээх лауреат

2011с. Бурцева Варя 3 степеннээх лауреат

2011с. Кутукова Вера 1 степеннээх дипломант

2012с. Курукова Вера, Иванова Дана кыттыы

2013с. Бурцева Варя 1 степеннээх лауреат

2013с. Данилова Саргы 3 степеннээх лауреат

б) Улуустааҕы “Хотугу сулус” күрэххэ

2010с. Винокурова Розанна, Слепцов Вася “Литература” номинацияҕа кыттыылара;

2012с. Кутукова Вера “Литература” номинациятыгар кыайан “Юный прозаик” номинацияҕа тиксибитэ.

в) Айар үлэлэр күрэхтэрэ

2008с. О.П.Иванова-Сидоркевич 75 сааһыгар анаммыт улуустааҕы “Айыы сирин арчылаа” айар үлэ күрэҕэр Винокурова Розанна 3 миэстэ;

2008с. Кустовой (Абаҕа ДДТ) Ийэ күнүгэр аналлаах “Мин тапталлаах ийэм” хоһоон күрэҕэр Винокурова Розанна “Хомоҕой тыллаах хоһоонньут” номинациялаах;

2010с. Улуустааҕы “Я – гражданин”“Лучшее эссе, рассказ о Родине и родном улусе” номинацияҕа коллектив айар улэлэрэ 3 миэстэ;

2012с. Цени свою жизнь күрэххэ коллективынан кыттыы.

г) Оҕо үлэтин бэчээккэ таһаартарабын. “Чуораанчык” сурунаал, “Амма олоҕо” улуустааҕы хаһыакка “Мин ийэм”, “Сэрии суох буоллун”, “Сайыны хайдах атаардым?” айар үлэлэр бэчээттэммиттэрэ.

д) Суруйтарбыт сурунаалларбыт, хаһыаттарбыт ыытар араас күрэхтэригэр кытыннарар ордук интэриэһинэй буолар. Холобур, айар үлэлэр күрэхтэрэ, викториналар. Республикатааҕы “Успешная книга”, “Наш дружный класс” күрэхтэргэ кыттан турардаахпыт.

е) Оҕолор араас таһымнаах ааҕыыларга чинчийэр үлэлэринэн, проектарынан ситиһиилээхтик кытталлар (улууска, республикаҕа, Россияҕа).

ж) Айар талааннаах оҕолор үлэлэрин борустуой кинигэ гынан таһаарабын. Иллюстратордарынан бииргэ үөрэнэр оҕолоро, учууталлар буолаллар.

з) Сулҕаччы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын иһинэн сыл түмүгүнэн, Михайлова Зинаида Никитична аатынан Бастыҥ кинигэ ааҕааччы стипендия туттарыллар. Ааспыт үөрэх дьылыгар элбэх кинигэ ааҕан үөрэнээчим Данилов Илья бу стипендияҕатиксибитэ.

Бу ыытар үлэлэрим хайдах түмүктээх буолбуттарын үөрэтэр сыалтан, эрдэ үөрэппит кылааһым оҕолоругар анкета ыыттым. 5-с кылаас оҕолоруттан хастара ааҕарын, тугу талан ааҕалларын ыйыталастым.

Ыйытыылар:

  1. Иллэҥ кэмҥэр ааҕаҕын дуо?

  2. Төһө ааҕаҕын?

  • Күн аайы

  • Нэдиэлэҕэ 2-3

  • Өрөбүлгэ

  • Аахпаппын

  1. Тугу сөбүлээн ааҕаҕын?

Таблица 3.

Оҕо аата

Иллэҥ кэмҥэр ааҕаҕын дуо?

Төһө ааҕаҕын?

Тугу сөбүлээн ааҕаҕын?

Бурцева Варя

+

Күн аайы

Остуоруйа, история

Данилов Илья

+

Күн аайы

Остуоруйа

Данилова Саргы

+

Күн аайы

Кыыллар, оҕолор туһунан кэпсээннэр

Ксенофонтова Күннэй

+

Күн аайы

Остуоруйа, айылҕа

Кутукова Вера

+

Күн аайы

Олоҥхо, фантастика

Максимов Коля

-

Нэдиэлэҕэ 2-3

Спорт, кыыллар

Тарасов Гена

-/+

Өрөбүлгэ

Кыыллар

Тоскин Слава

+

Нэдиэлэҕэ 2-3

Остуоруйа

Барыта 8 оҕо

Ааҕар-6,

1 – ардыгар,

1 – суох

Күн аайы-5, 2-3 –2, өрөбүлгэ-1

Остуоруйа-4, кыыллар-3,

1-дии олонхо, спорт, фантастика

Таблицаҕа көстөрүнэн 6 оҕо иллэҥ кэмигэр ааҕар, ардыгар - 1, аахпат - 1. Күн аайы ааҕар 5 оҕо, нэдиэлэҕэ 2-3 2 оҕо, өрөбүлгэ - 1 оҕо. Оҕолор үгүстэрэ остуоруйалары, кыыллар туһунан сөбүлээн ааҕаллар.

Оҕолор иллэҥ кэмнэригэр сөбүлүүр кинигэлэрин ааҕаллара көстөр. Алын кылааска үөрэнэллэригэр ааҕыыга сөптөөх үлэни ыыппыт эбиппин диэн түмүктүүбүн.

Үлэлэрин ситиһиитин түмүгэр ааҕыы көмөлөөх, улахан суолталаах буолбутун куруук бэлиэтиибин. Айар, чинчийэр үлэлэрэ салгыы сайдарын, тупсарын көрөн төрөппүттэр эмиэ үөрэллэр.

Түмүк

Ааҕыы хас биирдии киһи олоҕор сүрүн миэстэни ылар. Элбэхтик кинигэни ааҕар оҕо тыла-өһө баай, билэрэ-көрөрө элбэх, үөрэҕэр ситиһиилээх буолар. Айар, чинчийэр үлэнэн дьарыктанар түгэнигэр билиитэ улахан олук уурар.

Алын кылаас учуутала оҕону ааҕарга үөрэтэригэр үчүгэйдик психологияны, ааҕыы методикатын билэрэ ирдэнэр. Син биир ыарырҕатар оҕо баар буолар. Оннук түгэҥҥэ нейропсихологическай чинчийиини туһанан хаалыы биричиинэтин быһаарар ордук. Ол кэнниттэн ааҕыыга сөптөөх методиканы туһаныахха, эбии дьарыктанарга төрөппүттэргэ сүбэ-ама биэриэххэ наада.

Ааҕыы методикатыгар көмө матырыйаал олус элбэх. Оҕо интэриэһиргээн аахтаҕына айымньы ис хоһоонун толору өйдүүрэ саарбаҕа суох. Ол иһин уруоктарга хайаан да эбии эрчиллиилэри, оонньуу-сорудахтары туһанар көдьүүстээх. Бэйэм ааҕыыны бэрэбиэркэлииргэ айбыт методикабын туһаналларыгар сүбэлиибин.

Аныгы олох ирдэбилинэн уруокка, уруок таһынан араас программаларынан элбэх презентация оҥорон туһанабын.

Төһө да учуутал үлэлэстэр, дьиэҕэ төрөппүт өттүттэн оҕо ааҕарын ирдээбэт, хонтуруоллаабат буоллахтарына, үлэ түмүгэ соччото суох буолар. Ону туоратар инниттэн үлэбэр төрөппүттэри, библиотекары кытта ситимнээхтик үлэлии сатыыбын. Дьиэлэригэр библиотека тэринэллэригэр, хайдах кинигэ атыылаһалларыгар, хаһыат, сурунаал суруталларыгар сүбэлиибин. Оҕону аахтарарга лекторийдары ыытабын, памяткалары түҥэтэбин. Дьиэ кэргэнинэн викториналарга, күрэхтэргэкытталларын көҕүлүүбүн. Библиотекары кытта көмөлөөн “Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕин ыытарбыт ордук көдьүүстээх буолар.

“Аман өс”, ааҕааччы күрэҕэр, чинчийэр үлэлэргэ, проектар күрэхтэригэр ситиһиибит кырата суох. Ол барыта ааҕыы түмүгэ буоларын үөрэнээччилэргэ куруук санатабын.

Оҕолор, төрөппүттэр айбыт үлэлэринэн кыра кинигэ таһааран үлэ түмүгүн тута көрдөрөр, хаһыакка, сурунаалга бэчээттэтэр үлэм биир сонун көстүүтэ буолар.

Ити курдук, оҕону ааҕааччы гынан иитэн-такайан таһаарарыгар, учуутал үлэтэ олус элбэх ньымалаах, киэҥ хайысхалаах. Хас биирдии оҕо айылҕата уратытын үөрэтэр, ону үлэҕэ туһанар, төрөппүтү кытта үлэни тэрийэр, айар дьоҕуру сайыннарар буоллахха, атыннык эттэххэ, оҕо сөбүлээн, интэриэһиргээн ааҕар усулуобуйатын тэрийдэххэ, үлэбит түмүктээх буолара көстөр.

Туһаныллыбыт литература:


  1. Ефименкова Л.Н., Мисаренко Г.Г. Организация и методы коррекционной работы логопеда на школьном логопункте. – Москва: Прсовещение., 1991.

  2. Коноваленко В.В., Коноваленко С.В. Артикуляционная и пальчиковая гимнастика. Москва: “Гном-Пресс”, 2000.

  3. Кустарева В.А., Яковлева В.И. и др. “Методика русского языка”, - Москва: Просвещение, 1973.

  4. Лисенкова Л.Н. Развитие и коррекция навыков чтения. Москва: Школьная пресса, 2002.

  5. Лопухина И.С. Логопедия – речь, ритм, движение. – СПб: Дельта, 1997.

  6. Лопухина И.С. Логопедия, упражнения для развития речи. – СПб: Дельта, 1999.

  7. Лорен Брэдвей, Барбара Алберс Хилс. Ребёнок от 3 до 7 лет. Москва: ЮНВЕС, 1997.

  8. Немов Р.С. Психология, книга 2, - Москва: “Владос”, 2003.

  9. Парамонова Л.Г. Стихи для развития речи. – СПб: Дельта, 1998.

  10. Садовникова И.Н. Нарушения письменной речи и их преодоление у младших школьников. Москва: ВЛАДОС, 1997.

  11. Сидорова М.А. Причины и профилактика нарушений письменной речи у младших школьников. Сборник статей. Исследовательская деятельность – путь к формированию профессиональной культуры будущего специалиста. Якутск: филиал МГОПУ, 2004.

  12. Успенская Л.П., Успенский М.Б. Учитесь правильно говорить. Книга для учащихся в 2частях. – Москва: Просвещение, 1992.

  13. Фотекова Т.А., Ахутина Т.В. Диагностика речевых нарушений школьников с использованием нейропсихологических методов. Пособие для логопедов, психологов. Москва: АРКТИ, 2002.

  14. Ястребова А.В., Спирова Л.Ф., Бессонова Т.П. Учителю о детях с недостатками речи. – Москва: АРКТИ, 1997.

  15. Дисней для малышей сурунаал.

  16. Токарь И.Е. Игры на коррекционных и логопедических занятиях //Логопедия, №1-2 2003.

  17. Фишман М.Н. Мозговые механизмы, обусловливающие отклонения в речевом развитии у детей// Дефектология, -2001.


Данилова Татьяна Иннокентьевна

Оҕону кыра сааһыттан сөптөөхтүк иитии, сайыннарыы.

Оҕо саас –киһи киһи буола улаатарынкэрэһэлиир кэмэ.Бу оҕо сааһыгаркиһи төрөөбүт тылын дьиҥнээхтик билэр, киһи быһыытынан чочуллан тахсар олуга ууруллар Олох - уларыйа турар процесс. Ааспыт олохтон табыгастааҕын туһанан, билиҥҥи буола турар быһыыны майгыны учуоттаан, инникини өтө көрөн, сана уйэ киһитин иитии – уустук сорук. Киһи - бу биһиги сыалбыт, түмүкпүт уонна кинини киьи быьыытынан иитэр сүрүн хаачыстыбабыт буолар. Ол иьин оҕону кыра эрэ сааһыттан сатаан сөпкө ииттэхпитинэ, кинини киһи быһыытынан ылыныахпыт, өйдүөхпут. Оҕону сөпкө иитии олох кыра сааһыттан саҕаланыахтаах. Кэнники кэмҥэ оҕону иитии, сайыннарыы инники күөҥҥэ турарын бары өйдүүр тустаахпыт. Учугэй эрэ иитиилээх оҕо бары оттүнэн дэгиттэр сайдыылаахбуолар. Маннык иитиилээх оҕо ыарахантан чаҕыйбакка иннин диэки сайдар кэскиллээх буолар. Мантан сиэттэрэн «Оҕону кыра сааһыттан сөптөөхтүк иитии, сайыннарыы» диэн дакылаат суруйарга холоннум.

Үлэм тоҕооһо: Билинни бириэмэҕэ олох-дьаһах күүскэ сайдыытын кэмигэр оҕону иитии-сайыннарыы инники күөннэ таҕыста.

Чинчийэр үлэм сыала: оҕону сааһынан аттаран сааһыттан сөптөөхтүк иитии, сайыннарыы.

Соруктарым:

-Оҕонусааһынанарааран сөбүгэриитии,сайыннарыы

-Оҕонусааһынан көрөн наардааһын, киһи айылҕа сорҕото буоларынөйдөтүү.

-Ыйытык көмөтүнэнтөрөппүттэр оҕоиитиитигэрсайдаркыаҕын төһө көҕүлүүллэринбилии.

Оҕо айылҕаттанбэриллибитбилиэн көрүөн, тутуон-хабыан,боруобалыан көрүөн баҕатынсимэлитэнкэбиспэккэ, төттөрүтүн кинисайдарыгаркыаҕын көҕүлээн, күүскэсайыннарыахтустаахпыт. Биһиги оҕону күһэйэнбуолбаккаинтэриэһиргэтэн. Санаттансананытолкуйдатар, өй үлэтигэрумсугутароонньууларыоонньотон, бэйэтинкыаҕарэриниитин, астыныытынүөскэтиэхтээхпит, дьарыктыахтаахпыт. Хасбиирдииыал оҕотугарсайыннарарыгар сөптөөх усулуобуйатэрийиэхтээх. Онон оҕонуиитиигэсайыннарыыга төрөппүт. Дьиэкэргэн, иитээччи, учуутал, аймахтарсабыдыаллараулахансуолталаах.
1баьа. Чөмчуук саас. (0-6 саастаах оҕолор)

Оҕо бу сааьыгар уйулҕата, өйө сайдар, кута боҕургуур. Тылын саппааьа тэтимнээхтик эбиллэр, барыны барытын көрүөн –билиэн, тутан –хабан көрөн тулалыыр эйгэтин өйдүү сатыыр, этэ-хаана тэтимнээхтик сайдар, куьаҕаны үчүгэйи өйдүүр кэмэ.Бу кэмҥэ- чүмчүүк саастаах оҕолору иитии суолтата олох тосту уларыйан, хас биирдииоҕоҕо тус бэйэтигэр туһуламмыт чпчу сыаллаах иитии буолара ирдэниллэр. Ону тэҥэ оҕо иитиитигэр-сайдыытыгар хас биирдии тороппут дьиэ кэргэн сыьыанын уларытан бэйэтиттэн ирдэбилин урдэтиэхтээх. Төрөппүт оҕотун уйулҕаныгар сөп түбэһиннэрэн оҕо этин сиинин, тарбаҕын, илиитин –атаҕын имигэс гына эрчийэн, оҕо өйүн-сайдыытын түргэтэтэрин, тылын-өһүн сайдарыгар көмөлөһөрүн өйдүөхтээх.

Бу кэмҥэ оҕо айылҕаттан бэриллибит билиэн-көрүөн, тутуон-хабыан, боруобалаан көрүон баҕатын буойан симилитэн кэбиспэккэ ону өссө сайыннарынар каҕын көҕулээн, күүскэ сайыннарыахтаахпыт. Төрөппүт оҕону күһэйэн буолбакка оҕотун интириэһиргэтэр, саҥаттан саҥаны толкуйдатар, өйүттэн айыы курдук оҕо билиигэ, сатабылга, өй үлэтигэр умсугурдар оонньууларын оонньотон, бэйэтин каҕар эрэниитин, астыныытын үөскэтиэхтээх уонна кыттыһан бииргэ дьарыгырда сатыахтаах.

Оҕо эт хаан өттүнэн сайдарын кытта тэҥҥэ өйө-санаата сайдарын билиэхтээх. Бу сааһыгар оҕо төһө элбэх хамсаныылаах да, соччонон өйө-санаата,дьоҕура улаатар. Ол иьин хас биирдии ыал дьиэтигэр оҕоҕо соп түбэһэр эти-хааны эрчийэр кыра көмө тэриллэрин оноруохтаах. Кини эт-хаан , өй –санаа өртүнэн сайдарыгар төрөппүт үтүө холобура сүҥкэн улахан суолталаах.

Оҕо сайдыыта кини үлэҕэ үоруйэҕиттэн, сүрэхтээҕиттэн, үлэни таптыырыттан тутулуктаах. Чөмчүүк сааска- үлэ, идэ киһи аналын туһунан оҕо бастакы өйдөбүллэрин ылар. Бу сааска кыыһын –уолун арааран бэйэни кытта батыһыннара сылдьан оҕо кыаҕынан көрөн үлэлэтэн уонна араас ис хоьоонноох оонньуулары дьүөрэлээн сайыннарыахха сөп.

Саха кыыһа нарын-намчы, киэҥ көҕүстээх, сэмэй, тулуурдаах буоларыгар төрөппүт кыһаныахтаах.Кыыс кыра балыстарын , бырааттарын көрсөн, оҕону көрөр –харайар сатабылын дьиэтигэр ылыахтаах.Кыыс дьиэ үлэтигэр сыстагыһа, бэйэтэ анал үлэлээх буолуута, ыалдьытымсах, аламаҕай буола улаатарыгар көмөлөөх. Кыыс 4-5 сааһыттан ийэ буолар аналын билиэхтээх. Кини кыра сааһыттан саха омуга кыыс оҕону иитэр үгэстэринэн иитиллиэхтээх.Кыра саһыттан куукуланан оонньуур, таҥыннарар, кэпсэтэр, көрөр-истэр,ооньотор.

Уол оҕону аҕата,убайа кыра эрдэҕиттэн туттар тэриллэри билиьиннэрэн, онон тугу гыналларын көрдөрөн бастакы өйдөбүллэри биэриэхтээх.Кыра эрдэҕиттэн уол аҕа баһылык буоларын, кыраны-кыамматы көмүскүөхтээҕин туһунан билиһиннэриэхтэх, бэйэ холобурунан уһуйуохтаах. Уол оҕо кыратыттан ыла этэ-хаана доруобай, өй-санаа өртүнэн мындыр, айылҕаҕа тыаҕа муммакка сылдьар кыахтаах эрэ буоллаҕына үлэлээн-хамнаан, дьиэ кэргэнин аһатыахтааҕын, баһылыахтааҕын билэрин ситиһиэхтээх.

Оҕо кыра сааһыттан «Мин айыл5а оҕотобун» диэн санаанан, итэҕилинэн улаатыахтаах.Саха ыала айылҕаны тыыннаах курдук өйдөтүөхтээх. Кини бэйэтин сирин үүнээйилэрин, отун-маьын, кыылларын-көтөрдөрүн, харамайдарын тустарынан бастакы өйдөбүлүн төрөппүттэриттэн билиэхтээх.

Дьиэ кэргэн оҕотун кытары куруутун кэпсэтэ сылдьыахтаах. Төһөнөн билгэлэри, таабырыннары сөптөөхтүк туһаналлара оҕо тылын байытар. Чөмчүүк сааһыгар оҕо төрөппуттэн олус элбэх боппуруоһу ыйытан, билиэн –көрүөн баҕатын самнаран кэбиспэккэ, төһө кыалларынан эппиэттээн иһэр наада.Бу сааска оҕо болҕойон истэрэ, таба өйдүүрэ, саҥаттан-саҥаны билэн-көрөн иһэрэ, түргэнник ылынара улахан оруоллаах. Чөмчүүк сааска оҕо киһи да, омук да быһыытынан олуга ууруллар, түһэ түстэнэр кэмэ.Норуот ырыаларын, үҥкүүлэрин, уруһуйдааһыны, мэһийэн сыһыаран, аттаран оҥорор маҥнайгы үорүйэхтэри, сатабыллары, билиилэри оҕо дьиэ кэргэҥҥэ аан бастаан ылар.
2 баьа. Саһар5а саас (6 – 11 саастаах о5олор.)

Саһар5а сааһыгар о5о мэйиитэ,билэр-көрөр, толкуйдуур өйө,истэр,болҕойор,ыраҥалыыр,тэннээн көрөр,айар дьоҕурдара,бэйэтин киһи курдук,омук быһыытынан,атын дьонтон уратылааҕын билинэр, атын оҕолору кытта бодоруһа,алтыһа сатыыра саҕаланар,сайдар кэмэ.Бу кэмҥэ оҕо уратытын көрөн дьиэ кэргэн оскуола таһынааҕы тэрилтэлэр бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн оҕо дьоҕурун сайыннарар үлэ барыахтаах.Оҕолор бу саастарыгар дьиэҕэ анал үлэлээх буолуохтаахтар,Урут кыраларыгар илии буолар эбит буоллахтарына билигин быһаччы улахан дьон көмөтөсуох,ис-тас үлэни толорор, үлэҕэ үөруйэх,сүрэхтээх,үлэни таптыыр,дьон үлэтин сыаналыыр, киһини ытыктыыр гына иитиллиэхтээхтэр.Оҕо анал сүөһулээх,сылгылаах,ыттаах,сибиинньэлээх буолуулара оҕо эппиэтинэһин үрдэтэр, кыра эрдэҕиттэн үлэ диэни билэ улаатар, аһыныгас буолар.Оҕо туттар тэрилин сатаан көрүнэр,оностор, уһанар буоларыгар сөптөөх эйгэни тэрийии эмиэ наада.Уол оҕоҕо булка,балыкка төрөппүттэрин кытта тэҥҥэ сылдьарыгар,булт ньымаларын баһылыырыгар көҥул биэриэххэ наада.Бу сааһыгар оҕо от-мас,сир,оҕуруот үлэтигэр кыра техниканы баһылыырыгар кыһаллыахха.Маннык саастаах оҕолор онорон таһаарыы ханнык эмэ көрүҥэр үлэлээн дьиэ кэргэн баайын дуомун ханатарга кытталларыгар төрөппут көһулуөхтээх.Норуот иитиигэ туттар ньымалара оҕону үлэ5э тардыьыылаах буоларыгар хайысха биэрэр.Бу саастаах оҕону үлэнэн уһуйан, кини кэрэ5э тардыһар кэмин мүлчү туппакка,сөбугэр хайҕаан,санаатын өрө көтөҕөн,үөрэ-көтө көмөлөһөн,сүбэлээн интэриэһин сайыннарга,дьоҕурун арынарыгар күүс-көмө буолуохха(дьүһүйэр,уруһуйдуур,иистэнэр,уһанар,салайар уо.д.а.)

Төрөппүт оҕотугар өбүгэлэрин тустарынан төрдүн-ууһун,дьарыктарын,олорбут алаастарын,өтөхтөрүн туһунан кэпсиэхтээх.Кинилэр толору ааттарын билэри ситиһиэхтээх. Төрөппүттэр өбүгэлэрин төһө ытыктыырын,кырдьаһас,кыаммат буолбут төрөппүттэрин,аймахтарын истиҥник көрөрүн-көмөлөһөрүн,бэйэтин холобурунан көрдөрүүтэ-оҕо бэйэтин дьонугар,чугасаймахтарыгар,кырдьаҕастарга амарах сыһыаннаах гына иитэргэ улахан суолталаах.

Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ талааннаах дьоҥҥо сүгүрүйүү, ытыктабыл,онно тардыһыы тыыныгар иитиллиэхтээх.

Саха ыала ыалдьытымсах үгэһин төрөппүт оҕотугар тиэрдиэхтээх,ыалдьыты сатаан көрсөр,аралдьытар сынньаныыны,аһааһын үгэстэрин үөскэтиэхтээх.

Оҕо бу сааһыгар кини куһаҕан майгытын кэмэлдьитин «Хара дьай»диэн тыллары туттар,сиргэнэр,кэпсэтэр буолуутун,үтүө санаа,хардарыта көмөлөһүү,көрдөһүү,махтаныы курдук өйдөбүллэри билэр,күннээҕи олоҕор сатаан туттуохтаах. Дьиэ кэргэннэ арыгы, табах, эти хааны алдьатар дьайыытын, ыарыы быһыытынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕанарын өйдөтүү үлэ ыытыллыахтаах. Оҕо дьиэ кэргэннэ харчыны сатаан тута-ааҕа, харчы хантан кэлэрин – барарын билэ улаатыахтаах. Бэриллибит харчыны өйдөөн, туһалаахтык тута үөрэниэхтээх. Үлэни уонна сынньаланы дьүөрэлиэхтээх. Оҕо эт-хаан өртүнэн бэйэтин кыаҕын ыараннатан көрөн, үлэни атын үлэнэн солбуйан, эт-хаан , өй сана өртүнэн дьүөрэлээн,күннэтэ сайыннарыллан иһиэхтээх.

Оҕо эт-хаан, өй- санаа өртүнэн сайдарыгар төрөппүт утүө холобура сүнкэн суолталаах. Кыыс, уол уйулҕаларын, эт-хаан өртүнэн уратыларын учуоттаан дьиэҕэ сынньаланы тэрийиигэтуспа анал үлэ барыахтаах.Уол оҕо - эр киһи буолар үтүө аналын, кыыс оҕону дьахтар, ыал амарах ийэтэ буолар ытык ыйааҕын өйдөтүллүөхтээх.Бу сааска араас хамсаныылаах эрчиллиилэр, оонньуулар ыытыллыахтаахтар.Салгынна сылдьан айылҕа араас уларыйыытын кэтээн көрөн, эккэ-хаанна дьайыытын билии, ол дьайтан хайдах харыстанары, утарылаһары, өй-санаа өртүнэн кытаанах санааҕа бэлэмнээһин буолар.

Бу саастаах оҕо бэйэтин айылҕа оҕотунабын. Айылҕаны кытта быһа сибээстээхпин, айылҕа мин дьиэм- уотум, көмүскэлим диэн өйдөбүлгэ киллэриниэхтээх.Саһарҕа сааһыгар оҕо олорор түөлбэтин оҕолорун, дьонун кытта алтыһан, бодоруһан дьону кытта сыһыан культуратыгар уһуйуллар. Кини сайдар биир киэн аартыгынан оҕотэрилтэтигэр киирэн тэннээхтэрин кытта тэннэ улэлээһинэ, сайдыыта, үөрүүтэ-көтүүтэ буолар. Оҕо тэрилтэтэ хас биирдии оҕо дьоҕурун салгыы сайыннарар уонна кини сөбүлүүр дьарыгын таба булунарыгар көмөлөһөр.
Түмүк.

Мин алын сүһүөх учуутала буоларым быһыытынан оскуолаҕа хайдах иитииллиилээх оҕо кэлэригэр улахан болҕомтобун уурабын. Аҥардас учуутал эрэ оҕону киһи быһыытынан иитэн, сайыннаран таһаарбат. Ол гынан баран оҕо иитиитэ, кини туох- ханнык киһи буолара, кини төрүппүттэриттэн, иитээччилэриттэн, учууталларыттан улахан тутулуктааҕын бары өйдүөх тустаахпыт. Оҕо ордук кыра сааһыгар ийэ,а5а тапталын ылыммыт буоллаҕына, киһи быһыытынан сайдарыгар маҥнайгы үөрүйэхтэрин ылар. Ол иьин мин «Оҕону сааһынан сөпкө иитии, сайыннарыы» диэн дакылаат суруйдум уонна маннык түмүккэ кэллим. Олох уларыйан сайдан истэҕин аайы оҕо да уларыйар, кинини киһи гынар сыалтан араас ньымалары туттабыт. Оҕо айылҕаттан бэриллибит билиэн – көрүөн, тутуон- хабыан, боруобалаан көрүөн баҕатын буойан симэлитэн кэбиспэккэ, төттөрүтүн кини сайдар кыаҕын коҕүлээн сайыннарыах, иитиэх тустаахпыт.

Мин төрүппуттэрбэр оҕо иитиитигэр сайдар кыаҕын төһө көҕүлүүллэрин билээри ыйытык ыыппытым. Ол ыйытык түмүгүнэн 37,5% төрөппүт оҕо иитиитигэр сайдар кыаҕын көҕүлээбэттэрэ көһүннэ. Сүрүн биричиинэтэ: элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннээх ыал, толорута суох дьиэ кэргэн, тыа сиригэр улэ суох буолуута.

Оҕо олоҕун аартыга хайдах саҕаланара, кини туох – ханнык киһи киһитэ буолара, инники дьылҕата төрөппүттэриттэн уонна биһигиттэн улахан тутулуктаах. Онон оҕолорбутун сааһынан көрөн сөпкө иитиэххэйиҥ, сайыннарыаххайыҥ, оҕо инники кэскилбит буоларын умнумуоҕуҥ.
Туһаныллыбыт литература

  1. Бурхинов Д.М., Данилов Д.А. Народная педагогика и современная национальная школа. –Якутск, изд. Бичик, 1993

  2. Винокурова У.А. Сказ онароде саха.-Якутск, 1994

  3. Попова Г.С.-Санаайа. Киһитийиисэһэнэ. - ДЬокуускай, Бичик, 2006

  4. Ксенофонтова Н.Н., Семенова А.А. Педагогика успеха. – Якутск, 2004

  5. Оконешникова А.П. Оҕону төрүт культуранытилиннэриинэнуоннасалгыысайынарыынан уһуйаниитии, сайыннарыыэркээйитэ.-Дьокуускай, 1994.



Ефремова Фекла Дмитриевна

Метод творческого воображения - метод фантограмм.

У каждого ребёнка есть разного рода дарования. Разумеется, далеко не у всех детей есть литературные творческие способности, умение сочинять, воображать, придумывать. И тем не менее таланты каждого человека можно развивать.

Актуальность работы: Творчество и творческая деятельность определяют ценность человека, и индивидуальность, поэтому формирование творческой личности приобретает сегодня не только теоретический, но и практический смысл.

Проблема работы: Таланты каждого человека можно развивать.

Цели и задачи работы:

Изучение методов творческого воображения.

Использование методов творческого воображения на уроках русского языка.

Работа состоит из двух глав, есть использованная литература.
1   2   3   4   5   6   7   8   9   ...   12

Похожие:

Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Анализ работы фгос ноо в 2012 2013 учебный год
«Об утверждении и введении в действие федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования» школа...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Портфолио учителя начальных классов Мясниковой Марины Юрьевны Содержание
Учитель начальных классов, учитель русского языка и литературы по специальности «Педагогика и методика начального образования» с...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon «Реализация единой методической темы районных объединений учителей...
Материалы сборника будут интересны руководителям образовательных учреждений, учителям начальных классов, учителям-предметникам, педагогам...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Е. В. Руденко План мероприятий мбоу сош №3 по подготовке к введению...
Должностные инструкции педагогических работников, обеспечивающих переход на фгос ноо для обучающихся с овз (заместитель директора...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Инструкция по охране труда при проведении занятий в кабинетах начальных классов
Учебный кабинет начальных классов– учебное помещение школы, оснащенное наглядными пособиями, учебным оборудованием, мебелью и техническими...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Методические рекомендации Представлены статистические данные о результатах...
Ооп ноо учащимися 1-4-х классов общеобразовательных организаций Рязанской области в 2015 году, приведен анализ типичных ошибок учащихся...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Правила пользования учебным кабинетом Кабинет должен быть открыт...
Учебный кабинет начальных классов– учебное помещение школы, оснащенное наглядными пособиями, учебным оборудованием, мебелью и техническими...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Орехово-зуевского муниципальноо района московской области
«Использование эор в профессиональной деятельности учителя иностранного языка в условиях реализации фгос»
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Учебного и учебно-наглядного оборудования для кабинетов начальных...
Данный документ представляет собой примерный перечень учебного и учебно-наглядного оборудования (далее – Перечень), соответствующий...
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon «Внеурочная деятельность по предмету «Информатика» в условиях введения фгос
Наше современное общество находится в условиях перехода образовательных учреждений на фгос нового поколения
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Отчёт о реализации плана графика фгос ноо в моу «Мишутинская начальная...
Отчёт о реализации плана графика фгос ноо в моу «Мишутинская начальная общеобразовательная школа»
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Рабочая программа учителя начальных классов Малыхиной Ирины Вячеславовны
«Технология», авт. Роговцева Н. И., Богданова Н. В., Фрейтаг И. П. (Умк «Школа России»)
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Урок окружающего мира система Л. В. Занкова
Авторы урока: учителя начальных классов моу «сош 70» города Саратова Самохвалова Вера Владимировна
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Диплом № всб 0704689, выдан 23 декабря 2005 года
Саниевой Марины Владимировны, учителя начальных классов муниципального бюджетного общеобразовательного учреждения
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon Пояснительная записка Цель реализации основной образовательной программы...
Цель реализации основной образовательной программы начального общего образования — обеспечение выполнения требований фгос ноо
Борисова Ульяна Семеновна «Оценочная деятельность учителя начальных классов в условиях реализации фгос ноо» icon 3 Материально-технические условия реализации ооп ноо
Материально-техническая база мбоу «сош №7» приведена в соответствие с требованиями к условиям реализации ооп ноо и отвечает требованиям...

Руководство, инструкция по применению




При копировании материала укажите ссылку © 2024
контакты
rykovodstvo.ru
Поиск